- Александр Иванов
- Просмотров: 1384
1932 сыллаахха Чурапчы оройуонугар Машинно-тракторнай станция (МТС) тэриллибитэ. Сир үлэтигэр оччотооҕу колхуостарга көмөлөһөрө, тиэхиньикэни өрөмүөннүүрэ, тиэйэр-таһар үлэлэри оҥороро. Кэлин базата хаҥаан, оҥорор үлэтэ кэҥээн, оройуон биир бастыҥ үлэлээх, улахан тэрилтэтэ буолбута. Олох укулаата уларыйан , улахан тэрилтэлэр ыһыллыыларыгар үлэтин тохтоппута.
Бу тэрилтэҕэ үлэлээбиттэр Почта уонна МТС тэрилллэн, үлэлэрин саҕалаабыт түөлбэлэрин бэлиэ тумуһугар эрдэ туруоруллан күрүөлэммит локомотив аттыгар МТС тэриллибитэ 90 уонна САССР тэриллибитэ 100 анаан, баннер туруордулар. Итиннэ бастыҥ үлэһиттэрин мэтириэттэрин, үлэҕэ ситиһиилэрин туоһулуур, араас түмсүүлэргэ, спортивнай күрэхтэргэ, о. д. а. түспүт хаартыскалара киллэриллибиттэр. Баннеры тэрилтэ 40 бэтэрээннэрэ бэйэлэрин үптэринэн кыттыһан, ,,Ректайм" тэрилтэҕэ оҥотторбуттар. Быйылгы үбүлүөйдээх сылларыгар улуус хаһыатыгар хас да ыстатыйаны таһааттардылар, түмсүүлэри тэрийэр быланнаахтар. Аны сайын буолуохтаах үбүлүөйдээх ыһыах кэмигэр тэрилтэлэригэр салайааччынан үлэлээбит Егор Борисовы кытары көрсүһэр былааннаахтар. Үйэтитиигэ аналлаах Мария Попова салайааччылаах 7 киһилээх хамыыһыйа үлэлиир.
Алексей Слепцов
Источник: https://санаолох.рф/article/53156