Убаастабыллаах Чурапчы сэлиэнньэтин олохтоохторо! Бэйдиэ сылдьар ыттары тутуу-көрүү, сэрэхтээх буолуу, дьиэ кэргэҥҥэ иитии боппуруостара күн бүгүн Чурапчыга сытыытык турар. Дьаһалта өттүттэн ыты тутуу үлэ бардар да уулуссаҕа көңүл сылдьар ыттар оҕолорго, дьонңо-сэргэҕэ кутталы үөскэтэллэр. Федеральнай сокуон 27.12.2018 с. №498-ФЗ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын 01.08.2014 с. №247 «Ыты, куосканы Саха өрөспүүблүкэтигэр тутуу, көрүү-истии» уурааҕыгар олоҕуран иhитиннэрэбит:
- Хас биирдии дьиэ кэргэн ыт, куоска иитэ ыларыгар улахан эппиэтинэһи сүгүөхтээх. Ыт хайаатар да докумуоннаах паспордаах буолуохтаах.
- Хаhаайыттар ыттаргытын күрүө таhыгар таhаараргыт бобуллар. Күрүө таhыгар таhаарар түгэннитигэр ыкка намордник уонна ошейнигыттан тутар быалаах (поводок) таhаарыахтааххыт.
- Ыттаах ыал күрүө иhигэр ыт баарын туhунан сэрэтии суругу ыйыыргыт эбэhээтинэй. Бу быраабыланы тутуспат түгэннитигэр РФ уонна Саха сирин сокуонугар олоҕуран эппиэтинэhи сүгэҕит.
«Чурапчы нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата