“Коронавирус” (COVID-19) диэн улахан дьаҥ туран, үөрэнээччилэр уонна учууталлар IV-с чиэппэрдэрин муус устар 6 күнүттэн дьиэҕэ дистанционно олорон үөрэнэргэ, үөрэтэргэ күһэлиннилэр. Чурапчы улууһугар дистанционнай үөрэхтээһин хайдах ыытылларын, ханнык дьаһалларга олоҕуран, туох миэрэлэр ылыллалларын, тустаах боппуруостар билиҥҥи туругунан хайдах быһаарыллалларын туһунан улуустааҕы үөрэх салалтатын начаалынньыга Юрий Павлович Посельскайы көрсөн кэпсэттибит.
– Муус устар 6 күнүттэн дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ көһүү саҕаланна. Улууспутугар 26 оскуола толору дистанционнай үөрэҕи сарсыарда 9 чаастан саҕалаата. Онуоха быстах-быстах уоппут араҕыстар, аттарыллыбыт графикка сөп түбэһиннэрэн, учууталларбыт үөрэҕи ыытыахтаахтар. Дойду Бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин биллэрбит уһун өрөбүл күннэрин кэмигэр, о.э. кулун тутар 28 уонна муус устар 4 күннэригэр биһиги учууталларбыт боруобалаан көрүү уруоктарын ыыппыттара. Ол түмүгүнэн бэйэбитигэр, баҕарбыппыт курдук, үчүгэй көрдөрүүлэри ылбатыбыт эрээри, сүрүннээн син табылынна диибит. Итини таһынан, бүгүҥҥү күҥҥэ атын үлэни ыытар кыахпыт суох. Маннык балаһыанньа биһиги эрэ улууска буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдубут үрдүнэн бары бу курдук ыарахаттары хайаан да көрсөллөр. Улуус үрдүнэн 3454 үөрэнээччи баар, кинилэр биир кэмҥэ бары интэриниэт ситимигэр холбоннохторуна, порталлар улахан ноҕоруусканы көрсөн, харгыстаныахтарын сөп. Ити инниттэн өрөспүүбүлүкэни кытары быһаарыныы ылынан, бириэмэтин аттаран биэрдибит. Улууспутугар эрдэ оптоволоконнай сибээс кэмигэр тардыллыбытын түмүгэр, маннык сибээстээх нэһилиэктэрбит оборудованиелара баар түгэнигэр, дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ бэлэмнэр диэххэ сөп. Ол онно биһиги министиэристибэбит методическай сүбэлэри бэлэмнээбитэ, итиннэ уруоктар төһө уһуннук барыахтаахтарын, ханнык интэриниэт платформаларын уонна бырагыраамалары туһаныахтаахпыт туһунан барытын ыйбыттара. Маны таһынан учууталларбытыгар анаан, СӨ Үөрэх сайдыытын үнүстүүтэ анал сэминээрдэри ыыппыта, уруок хайдах ыытыллыахтааҕын туһунан эрдэттэн бэлэмнээбиттэрэ, онон учууталлабыт миэстэтигэр үөрэнэн, бэлэмнээхтэр.
Биир сүрүн кыһалҕабытынан – учууталлар дьиэлэригэр олорон үөрэтээһиннэрэ буолар. Араас усулуобуйаҕа олорон үөрэтиилэрэ итиэннэ бэйэлэрэ эмиэ төрөппүт буолалларын быһыытынан, оҕолоро тэҥҥэ үөрэнэллэригэр кэккэ ыарахаттары үөскэтэр. Итини барытын туоратан, бэйэбит баар балаһыанньаны өйдөөн, үлэлииргэ бэлэммит диэн этэбит.
Иккис сүрүн кыһалҕабытынан сибээстэрэ мөлтөх, интэриниэттэрэ суох нэһилиэктэрбит буолаллар. Бу балаһыанньаны өрөспүүбүлүкэҕэ бэркэ диэн билэн олороллор, эрдэ маннык туруктаах нэһилиэктэри туспа сайаапканан хомуйбуттара. Маныаха Ил Дархаммыт Айсен Николаев дьаһалынан күүһүрдүү үлэтэ барыахтаах уонна үөрэх министиэристибэтэ муус устар тухары босхо, «Учи.ру» диэн улахан порталы кэпсэтэн олорор. Онон мөлтөх сибээстээх нэһилиэктэр көннөрү суруйуу сообщениеларынан, учуутал бэйэтин көрүүтүнэн анал сорудахтары биэриигэ тиийэ дьаһаныахтаах диэн сүбэлээн олоробут.
Үһүс сүрүн кыһалҕанан – үгүс оҕо сөптөөх оборудованиета суох олорор. Маҥнай утаа, оборудованиенан хааччылыыта суох 1,5 тыһыынча кэриҥэ үөрэнээччитэ этэ, онтон төрөппүттэр көҥүллээн, телефонунан үөрэх эмиэ ыытыллар буолан, испииһэк арыый да аҕыйаата, билиҥҥи туругунан 200-тэн тахса оҕо оборудованиета суох олорор. Итиннэ тустаах дьаһаллары ылынан, тэрилтэлэргэ ыҥырыы таһаарбыппыт. Оскуолалар бары 300-чэкэ көмпүүтэри хомуйан, оҕолорбутугар (дьиэлэригэр көмпүүтэрдэрэ суохтарга) уларсык түҥэттибит. Биһиэхэ тэрилтэлэр күүскэ көмөлөһөн эрэллэр, ол курдук, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев 10-ча көмпүүтэри уларыста. Итинэн сиэттэрэн, биирдиилээн нэһилиэктэргэ баар тэрилтэлэр оборудованиенан хааччыйыыга көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбит.
Ил Дархан Айсен Сергеевич муус устар 2 күнүнээҕи дьаһалыгар олоҕуран, үөрэх министиэристибэтигэр кыаммат араҥаҕа көмпүүтэрдэринэн хааччыйыҥ диэн суруйан турар. Итиннэ, быһа барыллаан, болдьоҕун ыам ыйын 1 күнүгэр диэри диэбит этэ.
Сүрүннээн 6 чыыһылаттан үөрэхпитин саҕалаатыбыт. Биһиэхэ рекомендациянан түөрт модель кэлэн турар: 1) интэриниэттээх уонна оборудованиелаах, 2) интэриниэттээх ол эрэн оборудованиета суох, 3) оборудованиелаах итиэннэ интэриниэтэ суох, 4) Ити иккиттэн туга даҕаны суох оҕолор туспа бырагырааманан үөрэнэллэр, кинилэргэ учуутал туһунан тахсан, нэдиэлэтээҥи сорудахтарын биэрэр. Үөрэнээччи ол сорудахтарын бэйэтэ учебниктарын көмөтүнэн толорорго кыһаллар.
Ас-үөл өттүн эттэххэ, министиэристибэттэн кыаммат араҥа уонна элбэх оҕолоох ыаллары аһынан хааччыйыы диэн туһааннаах бирикээс кэлэн сытар. Ол аата, биһиги бу 6-тан 30 чыыһылаҕа диэри оҕо оскуолаҕа сылдьан аһыахтаах харчытын о.э. 2 категория манна ас харчыта компенсация быһыытынан көрүллэр, итиннэ кыаммат араҥаҕа 31,5 солк көрүллэр. Онно сухой паек көрүҥүнэн түҥэтиллиэхтээх. Оскуолалар бу нэдиэлэ бүтүүтэ толору кэмпилиэги оҥорон түҥэтиэхтээхтэр. Бу механизм эмиэ халбархай соҕус – биир өттүнэн үлэһиттэр түҥэтиэхтээхтэр, эбэтэр сорох улуустар холобурдарын көрдөххө, биир түҥэтэр пууну эмиэ тэрийиэххэ сөп диэн сүбэ кэлбитэ. Онон барыларын түмэн кэбиспэккэ, биирдиилээн кэлэн ылалларыгар диэн этиллэр, маны таһынан волонтердар көмөлөрүн эмиэ туһаныахпытын сөп. Биһиэхэ сөп түбэһэр барыйаан улууспут баһылыга Андрей Тимофеевич Ноговицын дьаһалыгар барыта учуоттанан тахсыахтаах. Бу 31,5 солк (612 оҕо) – 693 солк кэмпилиэк, онтон 80 солкуобайдаах (1332 оҕо) 1760 солк кэмпилиэк буолар. Маннык аһынан хааччыллыахтаах оҕо ахсаана 1944 буолар.
Үгүстэри эксээмэннэр боппуруостара долгутар. Быйылгы выпускниктарга хаһааҥҥытааҕар да улахан охсуулаах буолар буолла. Хайдахтаах да дистанционнай үөрэх научнай форманы солбуйбат диэн биһиги бары билэбит. Бииринэн, уруоктарбыт кылгаатылар ону таһынан үөрэтэр учууталыттан ылар билиитин таһымыгар хайдах даҕаны тиийбэт, барыта мэһэйдээх. Бүгүҥҥү күҥҥэ эксээмэннэр ыытыллар күннэрэ көһөн тураллар. БКЭ ыам ыйын 25 күнүттэн саҕаланыахтаах эбит буоллаҕына, билигин бэс ыйын 8 күнүгэр көстө. Оттон ССЭ (ОГЭ) ыам ыйын 26 күнүттэн бэс ыйын 9 күнүгэр көһөн биэрдэ. Итиннэ уопсай балаһыанньаттан көрөн, баҕар уларыйыылар киириэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Улууспутугар аҕыйахтыы оҕолоох алта оскуола-саад баар уонна сибээстэрэ мөлтөх Соловьев, Болугур нэһилиэктэрин оскуолалара буоллалар. Ити оскуолаларга Ил Дархан дьаһалыгар олоҕуран, биһиги баһылыкпыт Андрей Тимофеевич бэйэтин эппиэтинэһигэр ылынан, бу нэһилиэктэргэ аҕыйах оҕолоох күнүскү бөлөхтөрү үөрэтэргэ көҥүлү ылар суругу ыыппыта. Ол түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ маннык балаһыанньалаах оскуолаларга 12 оҕоҕо дылы үөрэтэргэ диэн көҥүллүүр дьаһала билигин үөрэтиллэ сылдьар. Атын оскуолалары бу таарыйбат, бары дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ олороллор.
Эбии үөрэхтээһин учууталлара анал дьаһалларга уонна министиэристибэ бирикээһигэр даҕаны киирэ сылдьалларынан үөрэхтэрин, үлэлэрин тохтоппоттор. Эмиэ методическэй сүбэлэр кэлбиттэрэ, удаленнай үөрэххэ көһөннөр, үөрэҕи туспа, анал бырагырааманан биэриэхтээхтэр.
Уһуйааннарга өрөбүл күннэр 30-с чыыһылаҕа диэри ыйыллан тураллар. Онон нэһилиэктэргэ уһуйааннар сабыллан тураллар, ол гынан баран үлэһиттэр хамнастара син биир ааҕыллар. Онтон Чурапчы нэһилиэгэр дьуһуурунай бөлөхтөрү тэрийэн, бу нэдиэлэҕэ “Мичил” уһуйааҥҥа үлэбитин саҕалаатыбыт, бүгүн 25 оҕо детсадка кэллэ, ааспыт нэдиэлэҕэ “Улыбка” уһуйааҥҥа сылдьыбыттара.
Источник: UlusMedia
Кэпсэттэ Сэмэн Жендринскэй.