678670, с.Чурапча ул. Карла Маркса 19 +7(984)1182258 m.haacka@gmail.com

ЧУРАПЧЫГА ОСКУОЛА УОЛАТТАРЫГАР БАЙЫАННАЙ ХОМУУР ТҮМҮКТЭННЭ

Чурапчы улууһугар Улуу Кыайыы 75 сылын көрсөргө бэлэмнэнии күргүөмнээхтик ыытыллар. Олунньу 5-7 күннэригэр Семен Новгородов аатынан орто оскуолаҕа эр дьон кэлэктиибэ кыттыылаах, “Дархан” байыаннай-патриотическай хамсааһын салалтатынан 6-11 кылаас уолаттарыгар үс күннээх байыаннай хомуур ыытылынна.

Хомуурга уопсайа 180-ча уол сырытта. Оҕолор бу күннэр усталарыгар эт-хаан өттүнэн сайдыыга, уопсай байыаннай дьыала хайысхаларыгар билиилэрин хаҥаттылар. “Байыаннай таҥас, устаап, күннээҕи эрэсиим бэрээдэгэ – барыта дьиҥнээх аармыйа түбүгүн курдук. Мин бэйэм 8 кылаастан саҕалаан “Дархаҥҥа” сылдьабын. Маннык кулуупка сылдьан эт-хаан өттүнэн сайдаҕын уонна бэрээдэккэ үөрэнэҕин. Инникитин сулууспалыы барар түгэммэр туһалыа дии саныыбын”, – диэн Чурапчы орто оскуолатын 11 “а” кылааһын үөрэнээччитэ Саша Романов кэпсиир.

Бастакы күн иккис аҥарыгар уолаттар Чурапчы уонна Таатта улуустарын байыаннай хамыһаара, подполковник Николай Андреевы уонна бойубуой дьайыылар бэтэрээннэрэ Иннокентий Прокопьевы кытары көрсүстүлэр. Манна Николай Михайлович уолаттарга уопсай конституцияҕа этиллэр сокуоннар, итиэннэ аармыйаҕа барыы ирдэбиллэрин туһунан ирэ-хоро кэпсээтэ. Иннокентий Иванович уолаттарга олоххо-дьаһахха туһалаах кэккэ сүбэлэри, аармыйа туһунан уопсай өйдөбүлү сырдатта.

  

Маннык оҕолору кытары көрсүһүү сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйда, былырыын улуустааҕы бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлэ Илья Березкин салалтатынан оройуон хас даҕаны оскуолатыгар кылаас чаастара ыытыллыбыттара.

Уолаттар маны сэргэ үс күн устата Кыайыы параатыгар ыллыахтаах “Хайыһар” ырыаны толорууга эрчилиннилэр. Бу ый бүтүүтэ улуустааҕы “Снежный барс” күрэххэ байыаннай-патриотическай кулууптар икки ардыларыгар улахан күрэхтэһии ыытыллыа. Манна уолаттар аҥардас оскуола баазатынан муҥурдаммакка, улуустааҕы бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин Куубагын иһин киирсиэхтэрэ. Онон улууска улаханыттан оҕотугар тиийэр бу Улуу күнү көрсөргө дьаһалбыт үгүс, санаабыт бөҕөх.

   

Ааптар: Сэмэн Жендринскэй.