Бүгүн, ахсынньы 29 күнүгэр, Саргылаах саҥа дьылы көрсө Чурапчы улууһун Төлөй нэһилиэгэр саҥа эбийиэк, 75 миэстэлээх “Кустук” уһуйаан үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Үөрүүлээх чааска өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев, Ил Түмэн бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэллэрэ Феодосия Габышева, Михаил Гуляев, СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Владимир Егоров, СӨ тутууга миниистирэ Павел Аргунов, Чурапчы улууһун Аҕа баһылыга Андрей Ноговицын уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
“Кустук” уһуйааҥҥа быйыл, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин төрдүс сэтинньи ыйын 26 күнүнээҕи ыҥырыылаах сессиятыгар 78 нүөмэрдээх быһаарынан, РФ үтүөлээх фермерэ, Төлөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, дьон сэргэ улаханнык ытыктыыр сүдү киһилэрэ Василий Васильевич Смирников аатын иҥэрбиттэрэ.
“Биһиги уһуйааммыт 2014 сылтан саҕалаан тутуута саҕаламмыта. Кэккэ биричиинэлэринэн өр баҕайы көҥдөйө тутуллан турбут дьиэни федеральнай бырагыраамаҕа киллэттэрэн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата, улууспут дьаһалтата өйөөннөр 75 миэстэлээх эбийиэги үлэҕэ киллэрдибит. Уһуйаан 4 бөлөхтөөх буолар, нэһилиэк олохтоохторо олус өр кэтэспит үөрүүлэрэ бүгүн дьэ туолла”, – диэн нэһилиэк баһылыга Игорь Николаев кэпсиир.
“Бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн нэһилиэкпит олохтоохторун, уһуйаан иитиллээччилэрин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Эбийиэк үлэҕэ киирэрин олус өр кэтэстибит. Тутууга үгүстүк сүүрбүт-көппүт дьоммутунан, баһылыкпыт Игорь Владимирович, итиэннэ бэдэрээтчиппит Иннокентий Аммосов буолаллар. Бу уһуйааҥҥа оҕолорбут киирэн үүнүөхтэрэ, сайдыахтара диэн улахан эрэллээхпит. Түгэнинэн туһанан өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбатыгар, Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка, улууспут баһылыгар Андрей Ноговицыҥҥа уонна биир дойдулаахпытыгар, попечительбитигэр Егор Борисовка дириҥник махтанабыт”, – диэн уһуйаан төрөппүттэрин ааттарыттан Варвара Абрамова тыл эттэ.
Айсен Сергеевич улуус баһылыга Андрей Ноговицыны кытары уһуйаан ис оҥоһуутун, оҕолор үөрэнэр, оонньуур сирдэрин, утуйар, суунар-тараанар хосторун кэрийэн көрдө. Итиэннэ пресса үлэһиттэрин кытары көрсүһүүгэ: “Саҥа тутуллубут эбийиэктээх нэһилиэк хайаан да сайдыахтаах”, – диэн үөрэн-көтөн туран бэлиэтээтэ.
Сэмэн Жендринскэй.