678670, с.Чурапча ул. Карла Маркса 19 +7(984)1182258 m.haacka@gmail.com

ЧУРАПЧЫЛАР ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК-БИЧИК КҮНҮН КИЭҤНИК БЭЛИЭТЭЭТИЛЭР

Бүгүн, олунньу 13 күнэ, Төрөөбүт тыл уонна сахалыы сурук-бичик – лингвист учуонай Сэмэн Ноҕоруодап төрөөбүт күннэринэн итиэннэ  СӨ дойдуга бэриниилээх буолуу, Улуу Кыайыы 75 сылларын көрсө, Чурапчы нэһилиэгэр Сэмэн Ноҕоруодап аатынан Чурапчы орто оскуолатын 1000-тан тахса үөрэнээччитэ, оскуола бүтүннүү кэлэктиибэ бу күнү уруйдаан төрөөбүт тыл туһунан хоһоону уонна оһуохай түһүлгэтин тэрийдилэр. Маны сэргэ “Айылгы” норуот айымньытын дьиэтигэр, “Мин Сахабын” алта түһүмэхтээх, 800-кэ оҕо-дьон кыттыылаах бастакы улуустааҕы бэстибээл саҕаланна.

Александр Федотов аатынан ыспартыыбынай комплекс киэҥ уораҕайыгар этиллибитин курдук 1000-тан тахса үөрэнээччи, ону сэргэ оскуола үлэлиир бүттүүн кэлэктиибэ, улуус оскуолаларын дириэктэрдэрэ тоҕуоруһа муһуннулар. “Бүгүҥҥү күнү суолталаан, сахалыы тылбыт сайдарын туһугар бары биир тэҥҥэ үлэлиэхтээхпит-хамныахтаахпыт”, – диэн Чурапчы орто оскуолатын оскуола дириэктэрэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Надежда Уарова тыл эттэ.

Үөрэнээччилэр маҥнай Арассыыйа уонна Саха сирин Өрөгөй ырыаларын ыллаһан баран, Саха классик суруйааччылара саха тылыгар анаабыт хоһоонноруттан быһа тардан биир тэҥник аахтылар, оһуохайы тэрийэн улахан түһүлгэни үөскэттилэр.

   

“Айылгы” норуот айымньытын дьиэтин фойетыгар оҕолор уруһуйдарын куонкуруска туруордулар, Чурапчы, Хоптоҕо, Сылаҥ, Хайахсыт, Кытаанах нэһилиэктэрэ, Улахан Күөл учаастага киллэрбит аһын-үөлүн быыстапкалара, дьаарбаҥкалара тэрилиннэ.

   

Уһуйаан иитиллээччилэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, 18-35-гэр диэри саастаах ыччат итиэннэ 35 саастарыттан үөһэ саастаах дьон уопсайа холбоон 800-тан тахса киһи алта түһүмэҕинэн: Саха суруйааччыларын хоһооннорун уус-уран ааҕыыга, сахалыы ырыалары, үҥкүүлэри толорууга, сахалыы остуоруйа сюжеттарынан оҕолор уруһуйга, авангарднай көстүүмҥэ, саха аһын көрүүгэ күрэхтэстилэр.

 

Онон чурапчылар сахалыы эйгэни тэрийэн, Ийэ тыл күнүн уруйдаан-айхаллаан киэҥник бэлиэтии көрүстүлэр.

Сэмэн Жендринскэй.