678670, с.Чурапча ул. Карла Маркса 19 +7(984)1182258 m.haacka@gmail.com

ЧУРАПЧЫТААҔЫ ОҔО УСПУОРТ ОСКУОЛАТА 20 СЫЛЫН БЭЛИЭТИИР

Бүгүн, ахсынньы 18 күнүгэр, Чурапчытааҕы оҕо успуорт оскуолатын 20 сыллаах үбүлүөйүн көрсө аһаҕас маастар кылаастар ыытылыннылар. Илин эҥэр Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан улуустарыттан оҕо успуорт оскуолатын дириэктэрдэрэ кэлэн уопут атастаһыыга кытыннылар. Тэрээһин Александр Федотов аатынан успуорт комплексыгар буолла.

Успуорт комплекс көрүдүөрүгэр ЧГИФКиС уонна ДЮСШ холбоһуктаах быыстапкалара туруорулунна. Маастар кылаастар боксаҕа (Н.К. Сивцев), остуол тенниһигэр (Нь.И. Сабарайкин, Г.И. Кривошапкин, В.П. Кривошапкина), фитнес-аэробикаҕа (Д.В. Фомина), сахалыы ыстаҥаҕа (П.Д. Собакин), буулдьанан ытыыга (Н.Ф. Смирников), көҥүл тустууга (Н.Р. Ноев-Аянитов, И.С. Петров, В.С. Афанасьев, В.М. Скрябин), мас тардыһыытыгар (Нь.И. Седалищев), Е.С. Капитонов, Г.Ф. Пугачев), волейболга (С.Ю. Третьяков, С.Д. Афанасьева), гиирэҕэ (Е.Л. Юргин, С.К. Попов), хотугу многоборьеҕа (А.Ф. Иванов), үөрэнээччи успуорт саалата тиэмэҕэ (В.Н. Кривошапкин) ыытылыннылар. Чурапчытааҕы оҕо успуорт оскуолатын дириэктэрэ Яков Оконешников кэлбит делегацияны көрсөн оскуола үлэтин-хамнаһын, тириэньэрдэри кытары билиһиннэрэн ситиһиилэр, оҕону сайыннарыыга ханнык методиканы тутуһан үлэлии-хамныы сылдьалларын туһунан сиһилии кэпсээтэ.

Тэрээһин иккис чааһыгар С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар “Тыа сиригэр оҕо успуордун сайыннарыы” тиэмэҕэ физкултуура учуутталларын, тириэньэр-преподавателлэргэ, успуорт инструктордарга, методистарга, дириэктэрдэргэ, тэрилтэ салайааччыларыгар аналлаах семинар ыытыллара былааннанар. Манна кыттыыны ылыахтара СӨ “Оҕо уонна ыччат успуорка, физическэй култуураҕа сайдыытын” киинин дириэктэрэ Афанасий Андреев, Дьокуускай куорат 23 нүөмэрдээх оскуолатын физкултуураҕа учуутала Роза Зусаева, Чурапчы улууһун эбии үөрэхтээһинин отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Иван Лукин, ЧГИФКиС декана Петр Собакин о.д.а. Ити кэнниттэн уопсай түмүгү таһаарыыны истэн баран үбүлүөй үөрүүлээх чааһын аһыллыыта буолуоҕа.

         

Ааптар: Сэмэн Жендринскэй.

Источник: UlusMedia